Иһинээҕитигэр көс

1812

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1808 1809 1810 181118121813 1814 1815 1816
Уоннуу сыллар
1780-с 1790-с 1800-с1810-с1820-с 1830-с 1840-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ
  • Кулун тутар 15Калифорнияҕа бастакы нуучча сэлиэнньэтэ олохтоммут — Росс холуонньа. Бу Америкаҕа Форт Росс диэн аатынан биллэр сэлиэнньэҕэ 1812 сылтан 1841 сыллаахха диэри элбэх саха олорбута, үлэлээбитэ.
  • Алтынньы 19Наполеон Улуу Аармыйата Москубаттан тахсан төттөрү чугуйуутун саҕалаабыт. Маҥнай утаа бэрээдэктээхтик чугуйан испит французтар сотору кэминэн аһыыр астара бүтэн барбыт, аармыйа ыһыллан үмүөрүспүт көй дьоҥҥо кубулуйбут.
  • Сэтинньи 14 — Смолиани аттыгар кыргыһыыга (сэтинньи 13-14 кк.) Петр Витгенштейн хамаандалаах нуучча сэриитэ Франция Клод Виктор уонна Николас Удино маршаллар хамаандалаах сэриилэрин үлтүрүппүт. Бу кыргыһыы французтар нууччалары тохтото сатаабыт тиһэх бөдөҥ кыргыһыылара этэ. Бу иннинэ манна, Двина өрүскэ, французтар иккитэ кыайтарбыттара: Полоцкайдааҕы иккис кыргыһыыга (алтынньы 18-20 күннэрэ) уонна Часники аттынааҕы кыргыһыыга (алтынньы 31 күнүгэр).
  • Сэтинньи 26 — Березина диэн өрүс таһыгар нуучча сэриитэ Арассыыйаттан тэскилээн иһэр французтары кыргыбыт. Өрүһү туорааһыҥҥа французтар өттүлэриттэн элбэх көннөрү, саллаат буолбатах дьон, дьахталлар уонна оҕолор өлбүттэрэ.
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy