Иһинээҕитигэр көс

Коралл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Коралл — органогеннай, ол аата тыынар-тыыннаах «оҥорбут» минераалларыгар киирэр таас. Полииптар диэн байҕал харамайдарын колонияларын дьардьамата буолаллар. Бу дьардьамалар кальцииттан эбэтэр арагонииттан тураллар. Үрүҥ корааллары ювелиирдар соччо туһамматтар. Корааллар икки эрэ көрүҥнэрэ сыаналаналлар: кыһыл (тарҕаммыт) уонна хара - акабар.

Кораалл киэргэллэри былыргы цивилизациялар билэллэр этэ: шумердар, египтяннар уонна былыргы гириэктэр.


Былыргы гириэктэр кыһыл корааллары өлбөт буолуу уонна дьол бэлиэтинэн ааҕаллара. Орто үйэҕэ Эуропаҕа кораалл сэмэй-көрсүө буолуу бэлиэтэ этэ. Гириэк уонна Былыргы Рим үһүйээннэригэр драконнар мэйиилэригэр корааллар баалларын туһунан кэпсэнэр.


Эмкэ туттуллуута

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Японияҕа үрүҥ корааллартан ньыһыллыбыт бороһуогу уҥуох тостуутугар тутталлар. Португалияҕа кораалтан оҥоһуллубут оҕуруо төбө ыарыытын аһарар, оттон Англияҕа — күөмэй ыарыыларыттан эмтиир диэн саныыллар.

pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy