Бөллөхүнэ
Тас көрүҥэ
Бөллөхүнэ эбэтэр бөллөҕүнэ, моруоска (лат. Rubus chamaemorus L., нууч. морошка) — Саха Cиригэр барытыгар үүнэр эрээри, ордук хойуутук хоту тыа быыстаах туундараҕа уонна туундараҕа үүнэр отон.
Сииктээх сирдэргэ, маардарга, уулаах тиит ойуурдарга үүнэр. Элбэх сыллаах уһун силистээх оттуҥу үүнээйи. Үрдүгэ 5—25 см. Аһа уҥуохтаах отон, бастаан кытархай, ситтэҕинэ араҕас, онтон оранжевай, дьэҥкир буолар. Үчүгэй сыттаах, сүмэһиннээх, оччо минньигэһэ суох.
Кэтирээһиниттэн уонна үүнэр сирэ үрдүгүттэн тутулуктанан бэс ыйын иккис аҥаарыттан сибэккилэнэн барар. Аһа от ыйын ортотуттан атырдьах ыйын ортотугар дылы ситэр[1].
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Ягодные растения Якутии. П. А. Тимофеев, Е. И. Иванова. — Дь.: Бичик, 2006. — ISBN 5-7696-2538-4.
Бу үүнээйилэргэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |